Былыр муус байҕал кытылыгар булчут биис ууһа олорбут. Бу дьон бултуу баралларыгар кырачаан тулаайах уолу батыһыннараллар эбит. Бултаан баран дьиэлэригэр төннөллөрүгэр уолу сэнээн байҕал ортотугар соҕотохтуу хаалларан кэбиһэллэрэ. Биирдэ тулаайах уол эмиэ соҕотоҕун дьиэтигэр төннөн иһэн кэннигэр ким эрэ хаамар тыаһын истибит. Эргиллэн көрбүтэ, уун-утары сүүнэ улахан үрүҥ эһэ турар эбит. Кини киһи буолан кубулуйан тулаайах уолчааҥҥа: «Миигин кытта барыс», - диэбит. Уол эһэни кытта барсан, ханна-туохха түбэспитин “Тулаайах уонна үрүҥ эһэ” кинигэттэн билиэҥ.
Бу номох киһи дьылҕата бэйэтин илиитигэр буоларын өйдөтөр.
Ааптар: Сакиаси Каунак, худуоһунньук: Ева Видерманн, саҥарда Айсен Лугинов
©АО НИК "Айар" ©Inhabit Media Inc. ©Taqqut productions
Вы можете приобрести книгу по ссылке: [ Ссылка ]
Ещё видео!