Слова: Юрий Потапов - Саргын
Мелодия: Уруйдаана Харитонова
Солкоҕо сууламмыт
Нууралга наҕылга
Сыһыыга хонууга
Дьэргэлгэн түстэ5э
Иһирэх сиккиэргэ
Дуоһуйа тыыннарбын
Аларга - тыаларга
Дьаарбайа хаамтарбын
Припев:
Аҥаатта долгуйа
Айылҕам ситтэ5э
Өбүгэм өтөҕөр
Мин а5ам олоҕор
Күөх ача тулалаах
Күөнэхтээх күөлүгэр
Мин аҕам мас тыылаах
Илимнээн эрдэҕэ
Ол дьикти тугэҥҥэ
Киниэхэ тиийдэрбин
Серууҥҥэ сүөгэйдээх
Итии чэй истэрбин
Төрөөбүт дойдум эн
Мэлдьитин күөх сааскын
Мин истиҥ иэйиибэр
Кэхтибэт сибэкким
Сотуллан умнуллан
Сүрэхтэн сүппэккин
Төлкөлөөх үйэбэр
Тапталым бүппэккин
![](https://i.ytimg.com/vi/2JncKeBDhhc/maxresdefault.jpg)