100 лет анараа өттүгэр саха тыа ыалыгар кыра кыыс оҕо төрүүр. Оччолорго ким да сэрэйэн көрбөтөҕө хайдах курдук ыарахан уонна дьоллоох төлкөлөөх оҕо күн сирин көрбүтүн.
1943 сыл муус устар 14 күнүгэр 24 эрэ саастаах эдэркээн кыыс Прасковья Андросова ыар сэрии сылларыгар, Уус Алдан оройуонун норуодунай суутугар Саха сирин маҥнайгы дьахтар судьуйанан ананан үлэтин саҕалаабыта.
Прасковья Дмитриевна норуодунай судьуйа, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, тыыл бэтэрээнэ өр сыллаах сыралаах, идэтигэр бэриниилээх үлэтин, айар-тутар үлэтин уонна олоҕун туһунан сиһилии «Бириэмэ кэрэһитэ»(«Хранители времени») биэриигэ көрүҥ.
Официальный сайт NVK-ONLINE.RU: [ Ссылка ]
![](https://i.ytimg.com/vi/j7vhsZHGSCE/maxresdefault.jpg)