Хаарчаана. Виталий Андросов тыллара уонна мелодията (1975).
*****
Көмүрүө дьэргэлгэн ойуутун
Үөлэспэр үмүөрэн эрдэҕэ.
Түүн үөһүн силлиэнэн үргүтэн
Дьиэрэҥкэй үҥкүүлээн эрдэҕэ.
Кый ыраах кырсалаах кыраайтан
Кыраһа кылыйсан кэллэҕэ.
Күлүмнэс күөнүнэн киэн туттан
Хаарчаана барахсан хаамтаҕа.
Чап-чараас чачыгыр күлүүтэ
Чараҥҥа чугдааран эрдэҕэ.
Эйэҕэс элэккэй хараҕа
Эдэр саас уотунан күллэҕэ.
![](https://i.ytimg.com/vi/zUE2VPMkObM/maxresdefault.jpg)